Сахам сирэ мин ырыабар,
Мин иhирэх эппит тылбар
Эн тойугуҥдуораан кута
Иhиллибит буоллаҕына,
Айар саргым кынатынан
Айыым сирин алгыы кууhуом
Сахам килбик майгытынан
Аргыый кистээн дьоллоох буолуом…
Хос ырыата:
Сахам сирэ, Сахам сирэ,
Сардаҥалаах ааккар кытта
Хаардаах дойдум сылаас тыына,
Улуу таптал уоспат күүhэ!
Сахам сирэ… мин халлааным
Хараҥарар түгэнигэр
Үҥэр күүhүм, үрүҥкүнүм
Эн буоларгын эрэ өйдүөм,
Эйигиттэн ордук курдук
Эгэлгэлээх кытыллартан
Эн тымныыгар хаарыллаары
Эмиэ тиийэн кэлэ туруом…

Песен-НИКИ

Загрузка...

Похожие песни